МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ТЮЛЯХСКИЙ ДОМ НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА"

«Кэскил» оҕо уһуйаанын саҥа дьиэтин аһыллыыта.

14.12.2018 Өр кэмҥэ кэтэспит, ыра оҥостубут ырабыт туолан 50 миэстэлээх «Кэскил» о5о уһуйаанын аһыллыыта үөрүүлээх-көтүүлээх түгэнэ ахсынньы ый аам-даам тымныытыгар буолла. Ыраахтан-чугастан ыҥырыллыбыт ыалдьыттар, кырдьаҕастыын-эмэнниин түмсэн саҥа уһуйааммыт өр кэмҥэ кэнчээрибит кэскиллээх уйата буоллун диэн алгыс бөҕө эттилэр.

«П.А. Ойуунускай 125 сыла»

29.11.2018 Саха чулуу уола Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах биэчэргэ суруйааччы хоһооннорун, ырыа буолбут ырыаларын, айымньыларыттан быстах сценка оҥорон нэһилиэк иннигэр көрдөрдүбүт.

«Ийэ5э махтал»

24.11.2018 Ийэ күнүгэр аналлаах «Ийэҕэ махтал»  нэһилиэкпит ийэлэрэ сүрэхтэрин чопчуларынаан-оҕолорунаан истиҥ кэнсиэр көрдөрөн, бэйэлэрэ да астыннылар, көрөөччүлэр да кэрэхсэбиллэрин ыллылар. Инникитин да маннык төрөппүт оҕотунаан тэрээһиннэргэ кыттыахпыт диэн үөрэн-көтөн тарҕастылар.

«Кэрэни кэскиллээн»

03.11.2018 Ил уонна Сомо5олоhуу  кунугэр аналлаах Туулээхтээ5и «Айаана» кыргыттар тумсуулэрэ салайааччы Винокурова М.А., Мындаабытаа5ы «Кундуйэ» ункуу беле5е кыттыhан «Кэрэни кэскиллээн» кэнсиэр туруордулар кэнсиэрбит урдук таhымнаахтык ааста. «Айаана» тумсуу кыргыттара, ырыа ункуу, сценка, ону таhынан бэйэлэрэ тутан-хабан онорбут киэргэллэрин, сумочкаларын муоданан тахсан кердердулэр. «Кундуйэ» араас элбэх, тэтимнээх эгэлгэ хамсаныылаах ункуу арааhын ункуулээтилэр.    

Комсомол — мин дьолум

29.10.2018 Комсомол 100 сыллаах убулуейугэр аналлаах «Комсомол мин дьолум» ахтыы киэhээтэ бэрт сэргэхтик ааста. Ааспыт кэм комсомоллара эдэр эрдэ5инээ5илэрин эргитэ дуоhуйа кэпсэттилэр, хаартыска кердулэр. Тэрээhиммит «ВЛКСМ — 100 сыла » суруктаах торт олус диэн киэргэттэ. Ааспыт кэми санаан факеллаах хаамтылар. Нэhилиэкпит а5а баhылыга Винокуров С.В. э5эрдэ сурук туттарда. КПРФ бэрэсэдээтэлэ Турантаев Н.С. уеруулээх быhыыга- майгыга… (читать далее)

Открытие сезона работы «Тюляхской ДНТ»

29.09.2018 Туулээхтээ5и норуот айымньытын дьиэтин улэтин кэнсиэринэн са5алаатыбыт. Кэнсиэргэ кыттыыны ыллылар «Алдаана» ункуу ансаамбыла, «Иэйии»  ырыа ансамбыла, «Айылгы» а5ам саастаахтар тумсуулэрэ. Кэнсиэрбитин Саха Республикатын кунугэр тубэhиннэрэн нэhилиэнньэ олохтоохторо бырааhынньыктыы настырыанньалаах олорон кердулэр.        

Куhунну киhи кулбутунэн

29.09.2018 Кунус 3 чаастан «Кемус куhун» тэрээhиммитин са5алаатыбыт.Хоhоон курэ5эр оскуола о5олоро биирдиилээн да кылааhынан да кытыннылар.Айыл5а материалыттан, о5уруот аhыттан дьиэ-кэргэнинэн керуугэ 5 ыал кыттан бириис ылан уердулэр-кеттулэр. Нэьилиэкпитигэр «Бастын сибэкки олордооччу» хаартысканан курэх Спиридонова Анна Васильевна 30 араас сибэкки хаартыскатынан кыттан кыайыыны ситистэ.Мин куоскам тыыннаах быыстапка5а олохтоохтор куоскаларын киэргэтэн таныннаран симээн кытыннылар.Эр дьон уонна дьахталлар… (читать далее)