20.10.2020. Саха сирин ийэлэрин күнүн көрсө «О5обор тикпит сыттыгым» диэн күрэхпитигэр элбэх куолаһы ылан «подушка-кошка» кыайда! Бары да кыһаллан аҕай тикпиттэр. Киһи хараҕын үөрдэр үчүгэй үлэлэр. Оҕолорбут саҥа сыттыктарынан оонньуохтара да утуйуохтара да,кинилэргэ кыра да наада.
18.10.2020. «Ийэбинээн бииргэ астыыбыт» диэн, Ийэ күнүгэр аналлаах, куйаар ситиминэн ыытыллар ас астааһыҥҥа күрэх түмүгүн таһаарабыт. Балаһыанньа быһыытынан ас ырысыаба суруллуохтаах этэ, оҥоһуллар ньымата хаартысканан көрдүрүллүөхтээх этэ 1 миэстэлээх Саюри, СаргылаанаАфанасьевалар 2 миэстэлээх Сайаана, Туяра Готовцевалар 3 миэстэлээх Лидия, Лилия, Июлия Охлопковалар
06.10.2020. Кэлэр кэнчээри сайдыыларыгар үлэлэһэр оскуолабыт учууталларыгар уонна уһуйааммыт иитэччилэригэр эрэ анаан «Оҕо курдук күлэ — үөрэ» диэн ватсап нөҥүө көрдөөх күрэх буолан ааста. Хамаандаҕа 5 киһи кытынна. Күлэн-үөрэн, кыратык да буоллар сэргэхсийдилэр. Тэҥнэһии тахсан доҕордоһуу кыайда.
6.10.2020. Күндүтүк саныыр кэлэр кэнчээри ыччаттарбыт сайдыыларыгар үлэлэһэр оскуолабыт учууталлара уонна уһуйааммыт иитээччилэрэ, идэлээх бырааһынньыктарыгар 5-тии киһилээх хамаандалаах «Оҕо курдук күлэ-үөрэ» ватсап нөҥүө көрдөөх күрэххэ күөн көрүстүлэр. Күрэххэ уопсайа 6 түһүмэх: ырыа да, өй да өттүнэн хамаандаларбыт тэҥ тэҥэ буолан доҕордоһуу кыайда!!! Кыра да кэмҥэ, оҕо буолан ылаҥҥыт, сэргэхсийдигит, астынныгыт диэн эрэнэбит. Кыттыбыккытыгар улахан махтал!!!… (читать далее)
18.09.2020 Жители села приняли активное участие. На ярмарке продавались собственно приготовленные продукции. Варенья, засолки, кулинарные изделия. На конкурсе — выставке урожая по итогам жюри в номинации «Самая большая картошка» присвоена Моеда Г.И., «Редкий овощ» — Поповой М.Н., «Цветочная долина» — Саввиной С.М. На семейном конкурсе композиций победила семья Ушницких. На фотоконкурсе «Чудо природы» первое место… (читать далее)
9.05.2020. Арассыыйаҕа Албан аат, Улуу кыайыы75-с уонна Өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылларыгар анаан «Улуу өрөгөй – Кыайыы күнэ!». Олбуору киэргэтии күрэҕэр түөлбэ олохтоохторо, тэрилтэлэр сүрдээх кыһаллан, санааларын ууран, олус көхтөөхтүк кыттаннар, бары да сэргэхсийдибит, үөрдүбүт-көттүбүт. Дьүүллүүр сүбэ күрэх балыаһыанньатыгар бары өттүнэн эппиэттиир, киэргэтии уратытын, көстүүтүн сыаналаан маннык түмүгү таһаарда: 1 миэстэ «Сарыал» түөлбэ 2… (читать далее)
Кулун тутар 5 күнүгэр Өрөгөйдөөх Улуу кыайыы 75 сылынан «Улуу Кыайыыга — Уус Алданнар кылааттаара!» диэн девиһинэн нэһилиэк күннэрин чэрчитинэн ыытыллар улуустааҕы культура көрүү-фестивалыгар кыттыыны ыллыыбыт. Быыстапкаҕа сэрии, тыыл, үлэ ветераннарын туһунан ахтыылар, хаартыскалар, суруктар, тутта сылдьыбыт маллара туруоруллуннулар. Ону тэҥэ, сэрии кэмигэр дьону хоргуйууттан быыһабыт, биир дойдулаахпыт М.В. Стрекаловская туһунан театрелизованнай дьүһүйүү спектакльга, уопсайа… (читать далее)
7.01.2020 Ааспыт кэм уостан түспэт ырыаларынан настольжи кэнсиэр. Сахалыы, нууччалыы, омуктуу хит буола сылдьыбыт ырыалары ыллаан нэһилиэнньэ астынна, дуоһуйа үҥкүүлээтэ. Ааспыт кэмнэри ахтан-санаан үөрүүтэ үксээтэ.